ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт
1 июля 2014, 15:27

Туймаада ыһыаҕар итирик туруктаах 30 киһини массыынаны ыытартан тохтоттулар


Туймаада ыһыаҕын кэмигэр, бэс ыйын 28-29 күннэригэр, Үс Хатыҥҥа ГИБДД үлэһиттэрэ итирик туруктаах уруулга олорбут 30 дьону тохтоттулар.

Бу күҥҥэ полиция үлэһиттэрэ уоруу 6 түбэлтэтин бэлиэтээбиттэр. Быраабы кэһии, ол иһигэр күлүгээннээһин, арыгылааһын, полиция үлэһиттэригэр утарылаһыы иһин 10 боротокуолу толорбуттар. Итирик туруктаах 20 киһини доруобуйа харыстабылын пуунугар диэри тиэрдибиттэр. Буруйга уорбаланар 3 киһини туппуттар.

Дьон-сэргэ ортотугар мунан хаалбыт 54 оҕону дьоннорун булларбыттар.

РФ-ҕа культура сылыгар анаммыт ыһыах икки күнүн тухары 140 тыһыынча киһи сылдьыбыта бэлиэтэммит. Ис дьыала 600 үлэһитэ тэрээһин кэмигэр бэрээдэги хааччыйбыттар. Ити туһунан ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Саха сирин полициятын үлэһиттэрэ үс сменан солбуһа сылдьан үлэлээбиттэр. 

При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Общество Просмотров: 3167 Источник: ЯСИА Автор: СИА Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ