Госдума вице-спикерэ, «Биир ньыгыл Россия» генсэбиэтин сэкэритээрэ Сергей Неверов, уо.д.а. мэлдьи «кыһыҥҥы» бириэмэҕэ көһөрү өйүүр санаалаахтар.»Сиэрдээх Россия» партия бас-көс киһитэ Сергей Миронов этэринэн, дьон-сэргэ баһыйар үксэ эмиэ ону күүтэр. Палаата вице-спикерэ, «Биир ньыгыл Россия» бэрэстэбиитэлэ Александр Жуков бүтэһиктээх харданы биэрэ илик. Бу туһунан РИА Новости суруйар. Итини тэҥэ Госдумаҕа саас, күһүн аайы чаһы стрелкатын көһөрүүнү быһаарар докумуон киирэн сытар.
Үс сыллааҕыта Дмитрий Медведев көҕүлээһининэн «кыһыҥҥы» уонна «сайыҥҥы» бириэмэҕэ көһүү тохтообутун санатар оруннаах.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети