Федеральнай суоллары өрөмүөннээһиҥҥэ үбү-харчыны федеральнай суол фондатыттан ылыахтарын туһунан миниистир эттэ. Сылга быһа холуйан 50 млрд солк. ыарахан ыйааһыннаах тырааныспардартан нолуок быһыытынан хомуйуохтара. «Ити үп-харчы регионнарга баар суол фондаларыгар бэриллиэхтэрэ. Онон, регион государствоны уонна чааһынайы дьүөрэлээн өрөмүөн үлэтин ыытыахтаахтар», - диэн Максим Соколов эппитин «Российская газета» тиэрдэр.
12 тоннаны аһарар ыарахан ыйааһыннаах тырааныспардар федеральнай суолларынан сырыыларын иһин нолуок тутар туһунан урукку өттүгэр тырааныспар миниистирэ этэн турардаах.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети