«Бюджет бырайыагын үөскэтии судургута суох этэ. Россияҕа бобуу киирэн турар кэмигэр бу докумуону оҥордубут», - диэтэ кини.
2015 сылга өрөспүүбүлүкэ бюджетын дохуота 140,3 млрд солк., 2016 сылга — 138,8 млрд солк., уонна 2017 сылга — 138,9 млрд солк. Бюджет ороскуота 151 млрд, 148,1 млрд уонна 147,5 млрд солк. Бюджет дефицитэ 2015 сылга 10,7 млрд солк,2016 — 9,3 млрд, 2017 — 8,5 млрд солк.
«2015 сылга нолуоктан киирэрэ дохуот 73,2 млрд солк., 2016 — 78,6 млрд, 2017 — 85,1 млрд. солк. Бу нолуктан киирэрэ дохуот сорох чааһа», - диэтэ Валерий Жондоров.
2014 сыл бүтүүтүгэр государство иэһэ 31,4 млрд солк., 2015 — 37,1 млрд, 2016 — 45,1 млрд солк.
Салгыы кини өрөспүүбүлүкэ тус сыаллаах бырагыраамаларын туһунан эттэ. 2012 сылтан бэттэх бюджет эйгэтин үлэһиттэрин хамнастар эбиллибитин эттэ. «2012 сыллаахха бюджекка хамнаска анаан 40,7 млрд солк. көрүллүбүт эбит буоллаҕына, 2017 сылга 76,9 млрд солк. диэри тиийиэҕэ», - диэтэ миниистир.
Валерий Жондоров дойду экономиката бигэтийиитин тэҥэ өрөспүүбүлүкэ бюджета тупсан иһиэҕин чиҥэтэн эттэ.
Алтынньы 31 күнүгэр үс сылга болдьохтоох өрөспүүбүлүкэ бюджета публичнай истиигэ киирэр.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети