Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун общественноһын бэрэстэбиитэллэрэ Аллараа Бэстээххэ Пенсионнай фонда саҥа дьиэтин тутууну ситэрии боппуруоһа долгутарын эппиттэрэ. Бөһүөлэк өрөспүүбүлүкэ биир элбэх нэһилиэнньэлээх оройуонун административнай киининэн буолар. Георгий Степанов бэлиэтээбитинэн, 61 мөлүйүөн солкуобай — бу тутуу уопсай суумата, манна дьиэни сэргэ гараас, хочуолунай, тиэргэни тупсарыы үбэ киирэ сылдьар.
- «Сэттэ сүүс биэс уон квадратнай миэтэрэ иэннээх дьиэ тутуутугар 40 мөл. солкуобай көрүллүбүтэ. Көннөрү суоттааһынынан даҕаны биир квадратнай миэтэрэтэ 53 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэрин быһаарыахха сөп. Маннык сыана Саха сиригэр уонна ханна да суох. Гарааһын уонна хочуолунайын тутуутугар 4,5 мөл. солкуобай көрүллүбүтэ. Ону таһынан гаһы киллэриигэ, ититэр ситими, канализацияны тардыыга, уутун, уотун холбооһуҥҥа 7,5 мөл солкуобай ирээттэммитэ. Аны дьиэ истиэнэтин сылытыыга 5,6 мөл. солкуобай көрүллэр. Онто суох Хотугу сиргэ хайдах да сатаммаккын. Тутуу сметнай сыаната Тутууга сыананы олохтооһуҥҥа регионнааҕы кииҥҥэ экспертизаны ааспыта. Биһиги, бастатан туран, клиеннэрбитигэр анаан тутабыт, кинилэргэ табыгастаах буоллун диэн үлэлиибит, оҥорор өҥөбүт хаачыстыбатын тупсарарга дьулуһабыт. Бу сыл бүтүөр диэри тутуу түмүктэниэ диэн эрэннэрэбин», – диэтэ Георгий Степанов.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети