ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт
4 августа 2015, 11:36

Георгий Степанов: «Атырдьах ыйын 1 күнүттэн үлэлиир биэнсийэлээхтэр страховой биэнсийэлэрэ хос ааҕыллыаҕа»


«Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 264 тыһыынча биэнсийэлээх киһи баарыттан 126 тыһыынчата (48 бырыһыана) үлэлиир. Атырдьах ыйын 1 күнүттэн, үгэс курдук, үлэлиир биэнсийэлээхтэр страховой биэнсийэлэрэ хос ааҕыллыаҕа», – диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Россия биэнсийэҕэ фондатын отделениетын управляющайа Георгий Степанов иһитиннэрдэ.

photoByWidth&id=41121&width=1000

Хос ааҕыы кээмэйэ уруккутунааҕар арыый атыннык оҥоһуллуоҕа – төлөбүр хас биирдии киһиэхэ араас буолуоҕа. Ол эбэтэр былырыын үлэни биэрээччилэр төлөөбүт страховой усунуостарыттан тутулуктаныаҕа. Атыннык эттэххэ, страховой биэнсийэ кээмэйэ страховой усунуос кээмэйиттэн көрөн улаатар. Ол аата үлэлиир биэнсийэлээх хамнаһа төһөнөн улахан да, страховой усунуос кээмэйэ эмиэ улахан. Итинтэн сиэттэрэн страховой биэнсийэ кээмэйэ эмиэ хамнастан көрөн улаатар.

Былырыын атырдьах ыйыгар 134 тыһыынчаттан тахса биэнсийэлээххэ хос ааҕыы оҥоһуллубута. Ону тэҥэ быйыл атырдьах ыйыгар оҥоһуллар хос ааҕыы биир уратылаах буолуоҕа. Үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ 2014 сыл түмүгүнэн биир кэмнээх эбии төлөбүр бэриллиэҕэ.

Биллэрин курдук, 2015 сыл тохсунньутуттан страховой биэнсийэ туһунан саҥа сокуон үлэҕэ киирбитэ. Ол сокуонунан, индексацияны сылга биирдэ, үгэс курдук атырдьах ыйыгар оҥоруохпут. Индексацияны 2016 сыл атырдьах ыйыгар 2015 сылга толору оҥоһуллубут страховой усунуос төлөбүрүнэн көрөн оҥоруохпут. Саҥа сокуоҥҥа ханнык да иэһэ суох киирэр туһуттан биһиги үлэлиир биэнсийэлээхтэр страховой усунуостарын 2014 сыл тохсунньу 31 күнүн туругунан хос ааҕыахпыт. Бэлиэтээн эттэххэ, бу биирдэ эрэ оҥоһуллар эбии төлөбүрү 2014 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри биэнсийэҕэ тахсыбыт, 2013 сыл устата үлэлээбит дьон ылар кыахтаныаҕа. Онон 2015 сылга оҥоһуллар индексация кээмэйэ эмиэ страховой усунуостан тутулуктаах буолуоҕа.

При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Общество Просмотров: 795 Источник: Газета "Саха Сирэ" Автор: Надежда Егорова Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ