ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт
9 декабря 2015, 16:55

Бэрдьигэстээххэ «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» фестиваль кыттыылаахтара ыалдьыттаатылар


Ахсынньы 3 күнүгэр Горнай улууһугар ыытыллыбыт «Сээркээн Сэһэн кыһыҥҥы киэһэлэрэ» көрсүһүү ыалдьыттарынан «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» фестиваль кыттыылаахтара буоллулар.

photoByWidth&id=51639&width=1000

Ыалдьыттары «Кырачаан ымыылар» уһуйааҥҥа 180 оҕо үөрэ-көтө көрүстэ, бэйэлэрин дьоҕурдарын көрдөрөн ылаатылар, үҥкүүлээтилэр.

photoByWidth&id=51640&width=1000

Орто оскуола таһыгар улуус киинин үөрэнээччилэригэр «Хотугу сир алыптаах түүлэ» бырааһынньык буолла. Семен, Софрон Даниловтар ааттарынан Духуобунас киинигэр Пушкин остуоруйаларын дьоруойдарын кытта көрсүһүү, Литература баала тэрилиннэ.

photoByWidth&id=51641&width=1000

photoByWidth&id=51643&width=1000

photoByWidth&id=51644&width=1000

photoByWidth&id=51649&width=1000

photoByWidth&id=51648&width=1000

Бэрдьигэстээх олохтоохторо уонна ыалдьыттара киин болуоссакка «Күлүмнүү умай, Дьүкээбил уота» үөрүлээх тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар.

photoByWidth&id=51642&width=1000

Олоҥхо дьиэтигэр хомус дьүрүскэнигэр доҕуһуоллатан Августина Филиппова моделларын көрдөрүү, үҥкүү кэлэктииптэрин кэнсиэртэрэ буолла.

Бырааһынньыктааҕы остуол «Кыһын амтана» улуустааҕы куонкуруһа тэрилиннэ.

Бу көрсүһүүнэн улууска Саҥа дьыллааҕы тэрээһиннэр саҕаланнылар.

photoByWidth&id=51646&width=1000

При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Территория Просмотров: 694 Источник: ЯСИА Автор: СИА Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ