Сүрүн бириис иһин эр дьоҥҥо Табалаах, Остуолба, Адыаччы, Суордаах, Сартаҥ, Эгэ, Арыылаах уона Баатаҕай волейболистара кииристилэр. Манна табалаахтар (баһылык Г.В. Потапов), арыылаахтар (Н.С. Мандров) уонна баатаҕайдар (Н.Н. Михалюк) иккилии хамаанда туруордулар. Ордук чорботон Адыаччы (нэһилиэк баһылыга М.И. Осипов, тренер - спорт бэтэрээнэ А.Н. Аммосов) кэскиллээх хамаандаларын бэлиэтиэҕи баҕарыллар.
Дьахталларга Баатаҕай (икки), Остуолба, Эгэ, Адыаччы, Верхоянскай куорат хамаандалара оонньоотулар.
Турнир кыайыылаахтарынан уонна Кубок хаһаайыннарынан эр дьоҥҥо, дьахталларга Баатаҕай хамаандалара буоллулар
Эр дьоҥҥо иккис миэстэни Табалаах, үсүһү Адыаччы волейболистара ыллылар. Оттон кэрэ аҥардарга Верхоянскай куорат уонна Адыаччы хамаандалара бириистээх миэстэлэргэ таҕыстылар.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети