ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт
26 июня 2015, 17:47

Олоҥхо ыһыаҕа-2015: Олоҥхоһут буолуу - айылҕаттан айдарыы


"Нохтолоох сүрэхтэн долгуйан, "Ноо" дэтэн чоргуйан" олоҥхону толорооччулар күрэстэригэр улахан дьоҥҥо, ыччакка 46 олоҥхоһут, ол иһигэр 10 коллективынан кыттааччы, ону сэргэ "Кыыс оҕо манна кыталыктыы ыллаатын, уол оҕо манна туруйалыы туойдун" 160 оҕо туспа түһүлгэлэнэн, тоҕуоруһа мустан, бастыҥтан бастыҥ олоҥхоһуту быһаардылар. Күрэстэһии үгэнигэр, сынньалаҥ кэмигэр олоҥхону толорооччулары кытта билсэн, олоҥхо ураты эйгэтин кистэлэҥнэрин, тоҕус томтордоох Чурапчыга ыытылла турар ыһыах туһунан тус санааларын истэн, интервью ыллым.

photoByWidth&id=38094&width=1000

Дмитрий АРТЕМЬЕВ, Россия, СР үтүөлээх артыыһа, Мугудай нэһилиэгин бочуоттаах гражданина:

- Тохсус олоҥхо ыһыаҕар оһуохайы этиигэ уонна олоҥхону ааҕыыга кытта кэллим. "Бэрт Хара" олоҥхону истээччи дьүүлүгэр таһаарыахтаахпын. Былыр-былыргыттан олоҥхо тутула биир. Кини ис хоһооно, этэр санаата, ойууланар геройдара хас биирдии истээччигэ тиийэрэ олоҥхону толорооччуттан улахан тутулуктаах. Өбүгэлэрбит балаҕаҥҥа олорон, хас биирдии истээччигэ толору тиэрдэн, 3 түүннээх күн тохтоло суох ааҕаллара. Олоҥхоһут туспа, ураты киһи буолар. Билигин олоҥхону ааҕар киһи олус элбэх. Манна талба талаан наада. Аҥардас баҕа эрэ өттүнэн буолбакка, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэ үөрэниэххэ наада. Олоҥхоһут диэн, мин санаабар, айыылартан анаммыт, ураты киһи буолуохтаах.

Мин бэйэм 50-тан тахса дойдуну кэрийдим. Онно Сахам сирин ыһыаҕа туохха да тэҥнэспэт кэрэ, истиҥ эйгэлээх. Төрөөбүт Чурапчым тоҕус томторугар ыытылла турар Олоҥхо ыһыаҕа олус табылынна дии санаатым. Халлааммыт кытта туран биэрдэ. Сиэри-туому сөпкө тутуһан, айылҕалыын алтыһан, 9 сыыппараны кытта сибээстээх 9 томтордоох Чурапчыга ыытыллыбыт ыһыах бу барыта улахан суолталаах, мээнэҕэ буолбатах. Бу чэчирдэри барахсаттары аһына көрөбүн. Инникитин ыһыах ыытыллар сирдэригэр хатыҥнары олордоллоро буоллар, сылын аайы чэчирдэри аҕалан туруоруу суох буолуо эбит.

Дойдум дьонугар махталбын тиэрдиэм этэ. Олус үчүгэй ыһыаҕы тэрийэн ыыппыккытыгар. Бары түмсэн, сайдам олоҕу уһансан, өссө да үүнэ-сайда тураргытыгар.

photoByWidth&id=38095&width=1000

Саргылана СЛЕПЦОВА, Дьааҥы, Култуура дьиэтин дириэктэрэ:

- Бүгүҥҥү күрэскэ эһэм Г.И. Слепцов-Хаһаах Хабырылла урут сурукка тиһэн хаалларбыт "Күн Эрилиэс Бухатыыр" олоҥхотун ситэрэн аҕаллым. Барыта суругунан 120 страница буолар. Эһээм көһөрүллүү кыттыылааҕа, кини үһүс сиэнэ буолабын. Бэйэм хоһоон да суруйбатах, сыанаҕа да олоҥхо аахпатах киһибин. Бэйэм санаа гына оҥостон бу олоҥхону ситэриэхпин, сурукка тиһэн кинигэ таһаарыахпын баҕара сылдьыбытым. Ону дьикти иэйии бу кэмнэргэ кууһан, үөһэттэн этиттэрэн, түүнүн этииттэн этии тахсан, бу олоҥхону бүтэрэн дьон дьүүлүгэр таһаардым. Эһиил Дьааҥыга 10-с үбүлүөйдээх Олоҥхо ыһыаҕын көрсө бэлэмнэниим буолар. Бу олоҥхобор Дьааҥы норуотун ырыатын матыыптара, нэһилиэктэр туойуулара киирдилэр. Түөлбэлээн олоҥхо араастарыттан Дьуһаал олоҥхотун көрдөрдүм. Эһээм кэпсээниттэн истибиппин ситэрэн, кэриэһин толорон аахпыппыттан киэн туттабын. Тэрээһин бэртээхэйдик ааста диэн бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын. 

photoByWidth&id=38097&width=1000

Аня ГАВРИЛЬЕВА, Нам, 9-с кылаас үөрэнээччитэ:

- Мин бүгүҥҥү күрэскэ музыкальнай оскуола фольклорга уһуйааччыта Е.К. Иванова үөрэппит "Кыыс Дэбилийэ" олоҥхотун толоробун. Бэйэм 4-с кылаастан олоҥхону үлүһүйэн ааҕабын. Бүгүн Үөһээ дойду уолун, Сарахына Күүкэник аҕата Арсан Дуолай тойуктарын толоруохтаахпын. Киһи киһи олоҥхону араастык ааҕар да, истээччигэ тиэрдэр да эбит. Холобура, мин учууталым Е.К. Иванова бу олоҥхону бэйэтэ эмиэ толорор, олус атыннык тиэрдэр. Мин бэйэм эмиэ уратытык ааҕарга кыһаллабын. Уобараска киирии ордук уустук. Ис дууһаҕын ууран туран аахтахха, истээччигэ тиийимтиэ, өйдөнүмтүө буолар.

Олоҥхо ыһыаҕар бу бастакы сылдьыым, сүрэхтэниим буолар. Ыһыах аһыллыытын олус сэҥээрэ көрдүм. Кэрэ көстүү умнуллубат дьикти түгэннэри бэлэхтээтэ.

При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Культура Просмотров: 996 Источник: ЯСИА Автор: Нарьяна БУРЦЕВА Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ