ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт
18 декабря 2015, 11:17

«Ахтылҕан» өссө биир дьоһун ситиһиитэ


Хаандыгатааҕы "Ахтылҕан" ырыа ансаамбыла аҕыйах сыл иһигэр хас да улахан куонкуруска кыттан кыайыы көтөллөннө. Ол курдук, Москваҕа уонна Холбоһуктаах Арабскай Эмираттар Дубаи куораттарыгар буолбут норуоттар икки ардыларынааҕы күрэстэргэ тэҥнээхтэрин булбатахтара.
Соторутааҕыта Таатта Харбалааҕар ырыа ансаамбылларын аһаҕас куонкурустарыгар кыттан эмиэ Гран-при хаһаайынынан буолла.
Хорунан уонна ансаамбылынан ыллааһын пропагандиһа, импровизатор, СР культуратын туйгуна Любовь Кулаковская сырдык аатын үйэтитиигэ анаммыт тэрээһиҥҥэ Таатта, Чурапчы, Томпо оройуоннарыттан барыта 21 коллектив кытынна. "Ахтылҕан" билиҥҥи састаабыгар Илья Охлопков, Николай Ефимов, Николай Уаров, Михаил Гоголев, Дьулустаан Толстяков уонна Айсен Захаров (салайааччы) ыллыыллар. Хас биирдии ансаамбыл иккилии ырыаны толордо. Бастакы туурга а капелла ыллаатылар. Бэйэлэрэ кэпсииллэринэн, «ахтылҕаннар» Пантелеймон Туласынов матыыбыгар, Леонид Попов "Гитара" диэн хоһоонугар ырыаны толорбуттар. Иккис туурга сөбүлүүр "Бырастылаһыы" ырыаларын саха национальнай инструменнарын доҕуһуоллааһынынан толорон дохсун ытыс таһыныытынан, "Браво!" хаһыынан доҕуһуоллатан сыанаттан түспүттэр.
photoByWidth&id=52438&width=1000
Түмүк тахсарын икки аҥаар чаас күүппүттэр. Бастаан лауреаттары уонна номинациялар кыайыылаахтарын ааттаабыттар. Биһиэннэригэр көрөөччүлэр биһирэбиллэрэ бириискэ тиксибиттэригэр, хайалара эрэ: "Инэн бүттэ дуо?", - диэбит. Ол бириэмэҕэ ыытааччы куолаһа: "Бүгүҥҥү конкурус Гран-при хаһаайынынан ыраахтан кэлбит эр дьон "Ахтылҕан" ансаамбыла (салайааччы Айсен Захаров) буолла!" диирин кытта сценаҕа таһааран саамай инники туруорбуттар. Айсен Захаровка "Кэскиллээх эдэр салайааччы" бирииһи туттарбыттар.
При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Территория Просмотров: 680 Источник: ЯСИА Автор: Евдокия Неустроева Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ