ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт
27 июля 2015, 10:46

Ньурбаҕа «Сарыал» лааҕыр бэһис сайынын үлэлиир


Ньурба оройуонун Хаҥалаһыгар «Сарыал» лааҕыр тэриллэн үлэлээбитэ быйыл бэһис сайына. Хаҥалас оскуолата агропрофилированнай хайысхалаах буолан, лааҕырга оҕолор тыа хаһаайыстыбатын үлэтин-хамнаһын, үрүҥ ас хантан, хайдах кэлэрин билсэллэр.

photoByWidth&id=40488&width=1000

Быйыл Ньурбатааҕы Оҕону эбии үөрэхтээһин киинин иһинэн үлэлиир «Калейдоскоп» оҕо телестудиятын лааҕыра иккис сезонун тахсан, «сарыаллар» сэргэхсийэн олороллор. «Калейдоскоп» оҕолоро бу сайын саха буойуттара тыыннарын толук уурбут дьоруой-куораттарынан сылдьан кэлбиттэрэ. Кэпсээннэрэ-сэһэннэрэ элбэх. Кинилэр сайын үтүөтүн баттаһа кылгас киинэлэри, клиптэри устар былааннаахтар.

Лааҕырга үс сезоҥҥа 75 оҕо үлэлиир. Сорох үөрэнээччилэр хаһыс да сылларын сылдьаллар. Манна чугастааҕы нэһилиэктэртэн эмиэ элбэх оҕо сынньанар. Кинилэр самаан сайын үтүөтүн билэллэриттэн, эбии билии иҥэринэллэриттэн  олус үөрэллэр, элбэҕи дуоһуйа кэпсииллэр.

photoByWidth&id=40489&width=1000

При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Территория Просмотров: 815 Источник: ЯСИА Автор: Лина Семенова Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ