Нэhилиэктэринэн ыллахха: Абый нэhилиэгэ – 971 т, Майыар нэhилиэгэ – 374 т, Оттоох Атах нэhилиэгэ – 390 т, Уолбут нэhилиэгэ – 155 т, Мугурдах нэhилиэгэ – 760 т, Ураhалаах нэhилиэгэ – 50 т оту бэлэмниэхтээхтэр.
Быйыл оттооhун хампаанньатыгар улууска 75 техника, 371 киhи үлэлиирэ былааннанар. Ол курдук, 1 толору механизированнай, 50 ситэтэ суох механизированнай, 4 көлө-илии уонна 98 илии звенота. Саамай элбэх отчуту Мугурдаах нэhилиэгэ туруорар былааннаах - 117 киhи, оттон саамай элбэх техниканы Абый нэhилиэгэ – 32.
Абый улууһун баһылыга М.Г. Никулин оттооһуҥҥа бары биир киhи курдук турунан, баар күүһү-кыаҕы сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ ууруохха диэн биир дойдулаахтарыгар ыҥырыы таһаарда.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети