ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт
15 декабря 2015, 16:07

Абый улууһун 85 сылын бэлиэтээһиҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын делегацията кыттыыны ылла


Ахсынньы 11 күнүгэр Белай Гораҕа Абый улууһа тэриллибитэ 85 сылын үөрүүлээхтик бэлиэтээтилэр. Үбүлүөйдээх тэрээһиннэргэ Юрий Куприянов салалталаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын делегацията кытынна.

Ыалдьыттар орто оскуолаҕа сырыттылар, тулаайах оҕолорго ананан тутуллубут саҥа түөрт квартиралаах дьиэни үлэҕэ киллэрии сиэригэр-туомугар кытыннылар уонна социальнай-культурнай кииҥҥэ буолбут улуус тэриллибитэ 85 сылыгар анаммыт үөрүүлээх киэһэҕэ олохтоохтор үөрүүлэрин үллэһиннилэр.

Бу күн норуот хаһаайыстыбатын бастыҥ үлэһиттэригэр, тыыл, үлэ бэтэрээннэригэр, общественниктарга өрөспүүбүлүкэ, улуус бочуоттаах ааттара, наҕараадалара туттарылыннылар.

Үөрүүлээх тэрээһин айар коллективтар, сцена маастардара кыттыылаах улахан кэнсиэринэн түмүктэннэ.



При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Территория Просмотров: 806 Источник: ЯСИА Автор: СИА Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ