Манна нэһилиэнньэҕэ социальнай, сир, баай-дуол сыһыаннаһыылар, быраап, предпринимательство, булт хаһаайыстыбаннай сыһыаннаһыылар хайысхаларыгар көмө оҥоһуллуоҕа. Киин салайааччытынан А.С. Соломонова ананна.
Маны сэргэ саҥа тэрилтэ үлэһиттэрэ бигэргэтиллибит былаанынан оройуон ыраах сытар нэһилиэктэригэр тиийэн үлэлиэхтэрэ. Онон олохтоохтор докумуон оҥотторо сүүһүнэн биэрэстэлээх сиргэ барар кыһалҕаны умнуохтара. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх функциялаах киин 37-с офиһын үөрүүлээх аһыллыытыгар СӨ ЭФК отделын начальнига Е.Т. Павлов эттэ. Улуус баһылыга А.С. Иванов Өлөөн олохтоохторо өр күүппүт түгэннэрэ дьэ үүннэ, нэһилиэнньэҕэ олус наадалаах тэрилтэ үлэтин саҕалаата диэтэ.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети