Сэтинньи 20 күнүгэр «СР массыына суолларын управлениета» ГКУ уонна СР ЫБММ ГИМС холбоһуктаах хамыыһыйата Хатас-Павловскай кыһыҥҥы суолга муус халыҥын хонтуруоллуур мээрэйдээһини ыытта. Онно муус халыҥа 25 см ордугун быһаардылар. Онон бүгүҥҥэттэн Хатас-Павловскай туһаайыынан кыһыҥҥы суол 3 тоннаҕа диэри ыйааһыннаах массыыналарга аһылынна.
Исписэлиистэр ыарахан уйуктаах массыыналар хаһаайыттарын муус ситэ халыҥыы илигинэ айантан туттуналларыгар ыҥыраллар.
Билигин икки кытылга ыйааһыны хонтуруоллуур пууннар суукканы эргиччи үлэлииллэр, ГИБДД нэрээттэрэ тураллар. Ыйааһыны хонтуруоллуур пууннар ахсынньы эргэтигэр диэри үлэлиэхтэрэ.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети