ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт
9 декабря 2015, 14:26

Нам Үөдэйигэр бастакы таас дьиэ дьэндэйдэ


Нам улууһун Үөдэйигэр икки этээстээх таас дьиэни үлэҕэ киллэрии үөрүүлээх сиэрэ-туома буолла.

Бу нэһилиэккэ бастакы таас дьиэ. "Хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү" программанан улууспут нэһилиэктэригэр быйыл хас да дьиэ тутуллан үлэҕэ киллэрилиннэ, өссө да тутулла тураллар. Олортон бу биирдэстэрэ.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ "Нам улууһа" МО баһылыгын 1 солбуйааччы Инна Сивцева, Үөдэй нэһилиэгин баһылыга Семен Ядреев, тутааччылар, саҥа дьиэлэнэн эрэр ыаллар, нэһилиэк олохтоохторо сырыттылар. Кыһыл лиэнтэни Инна Сивцева, Семен Ядреев, Вадим Кутуков, Анатолий Павлов кырыйан мустубут дьону дьиэҕэ ыҥырдылар.

Норуот алгысчыта, СР культуратын туйгуна Филипп Соловьев аал уоту оттон, айах тутан алгыс сиэрин-туомун толордо. Инна Иннокентьевна уонна Семен Владимирович бу сылаас-сырдык, киэҥ-куоҥ дьиэни туппут "Намстрой" ТМУ генеральнай директорыгар Вадим Кутуковка, Сергей Семеновка, тутуу учаастагын начальнигар Марк Уваровка, нэһилиэк баһылыгын солбуйааччытыгар Игнат Свинобоевка уонна Таджикистантан сылдьар 6 тутааччыга улуус, нэһилиэк баһылыктарын Бочуотунай грамоталарын, Махтал суруктарын, сэмэй бэлэхтэри туттардылар. Саҥа квартиралар хаһаайыттарын аатыттан махтал тылы үлэ, БАМ тутуутун ветерана Анатолий Павлов эттэ.

При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Территория Просмотров: 669 Источник: ЯСИА Автор: И.Иванов Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ