Концеры кыайа-хото тутан ыытар Людмила Пустолякова эппитинэн, Александр Прокопьевич тыа нэһилиэктэригэр сылдьан, оҕолору музыкаҕа үөрэтэр, олохтоох баянистары кытыннаран үлэни ыытар эбит.
«Баяным алыптаах дорҕооно» кэнсиэргэ Аллыҥаттан элбэх ырыаһыт кэлбит. Мотрена Мордовская, Мария Иванова, Антонина Иванова, Ньургуйаана Саввинова – сонун толорооччулар. Тэрээһини ырыаһыттар Марта Васильева, Мария Тараярова, Маргарита Архипова, Афанасий Евсеев, Иван Аммосов киэргэттилэр.
Өссө «Өрөгөй» эр дьон (салайааччылар Анатолий Новиков, Виктория Мойтохонова), «Көлүкэчээн» дьахталлар (салайааччы Галина Евсеева) ансаамбылларын толоруулара сэҥээртэ.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети