ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт
19 августа 2015, 12:09

Ньурба улууһа окко былаанын аҥарын толордо


Ньурба улууһунааҕы тыа хаһаайыстыбатын департамена иһитиннэрэринэн, атырдьах ыйын 17 күнүнээҕи туругунан, улуус үрдүнэн барыта 17 200 т от бэлэмнэннэ.

Ол иһигэр ТХПК - 1840 т, бааһынай хаһаайыстыбалар - 5229 т, кэтэх отчуттар - 10131 т оттоохтор. Барыта 15345 га иэннээх сир охсулунна, 14042 га мунньулунна.

Нэһилиэктэринэн ыллахха, Аканаҕа - 580, Бордоҥҥо - 1772, Дьиикимдэҕэ - 720, Үөдэйгэ - 522, Дьаархаҥҥа - 945, Хаҥаласка - 420, Күндээдэҕэ - 2340, Малдьаҕарга - 976, Өҥөлдьөҕө - 260, Хатыыга - 288, Ньурбачааҥҥа - 1270, Октябрьскайга - 1870, Сүлэҕэ - 1155, Хатыҥ Сыһыыга - 510, Түмүккэ - 300, Хорулаҕа - 470, Чаппандаҕа - 2645, Чуукаарга - 217 т от бэлэмнэннэ.

Онон улуус былаанын 50,8 бырыһыан толордо. Билиҥҥитэ күн-дьыл туран биэрэн, хаалбыт кэмҥэ бары хаһаайыстыбалар оттооһун тэтимин күүһүрдэллэрэ, көрдөрүүлэрин өссө эбэллэрэ күүтүллэр.

При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Территория Просмотров: 719 Источник: ЯСИА Автор: СИА Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ