ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт
2 июля 2015, 12:00

Саҥа почта открыткалара Мииринэй оройуонун 50 сылыгар ананыахтара


«Россия почтата» ФГУП СР почтанан сибээс федеральнай управлениетын «Мииринэйдээҕи почтамт» салаатын начальнига Татьяна Гаврилова иһитиннэрбитинэн, Мииринэй оройуонун 50 сылыгар анаан үбүлүөй логотиптаах почта карточкаларын сакаастаабыттар.

От ыйын 12-гэр, Россия Почтатын күнүгэр, алмаастаах кыраай киин почтамыҥар үөрүүлээх быһыыга карточкаларга бэчээт ууруохтара. Манна анаан бырааһынньык логотиптаах анал штемпель сакаастаммыт.

Бу күн почта дьиэтигэр филателистар быыстапкалара тэриллиэ. Татьяна Гаврилова эппитинэн, үбүлүөй открыткалара биэс тыһыынча ахсаанынан дойду үрдүнэн тарҕаныахтара уонна кэнэҕэһин коллекционердарга сыаналаах малынан буолуохтара.

Маны сэргэ Куорат уонна алмаас промышленноһын күнүн көрсө анал календарь штемпелэ сакаастаммыт.

При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Территория Просмотров: 855 Источник: ЯСИА Автор: «Мииринэй оройуона» МТ пресс-сулууспата Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ