ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт
30 июля 2015, 10:59

Ньурбатааҕы көтөр фабриката сыллааҕы сорудаҕын 56 бырыһыан толордо


Ньурбатааҕы көтөр фабриката 2015 сылга барыта 9 мөл. 982 тыһ. устуука сымыыты оҥорон таһаарар былааннаах. Алта ый түмүгүнэн 5 мөл. 615 тыһ. 880 устуука сымыыты ылыллан, сыллааҕы сорудах 56 % туолла.

photoByWidth&id=40822&width=1000

Былааннаммыт ахсаантан 9 мөл 250 тыһ. устуука сымыыт атыыга барыахтааҕыттан, билиҥҥитэ 5 мөл. 576 тыһ. 640 устууканы атыылаатылар. Биир стандартнай сымыыт 7 солк. 50 харчыга турар, талыыта (отборнайа) - 8 солк.

Ньурбатааҕы көтөр фабрикатын бородууксуйата улуус бэйэтин иһигэр, ону таһынан ыаллыы Сунтаар, Бүлүү, Үөһээ-Бүлүү улуустарыгар, Дьокуускайга тиийэ хамаҕатык атыыланар. Билигин фабрикаҕа 41 тыһыынча сымыыттыыр куурусса баар. Сайын устата 700-чэкэ тонна комбикормунан хааччыныахтаахтар. 100 т кэлбит, сотору 380 т аҕалыллыахтаах. Онтон хаалбыта атырдьах ыйыгар кэлиэҕэ. 

photoByWidth&id=40823&width=1000

Ньурбатааҕы көтөр фабриката  "Лучшее птицеводческое предприятие РС (Я)" ааты 2009 с. ылан турардаах. Оттон былырыын, 2014 с. үлэ түмүгүнэн фабрика үлэһитэ, 20-чэ сыл ыстаастаах, уопуттаах көтөрү иитээччи Андреева Альбина Михайловна "Лучший птицевод Республики Саха (Якутия)" үрдүк ааты ылбыта.

Күн бүгүн Ньурбатааҕы көтөр фабриката сайдыыга туһуламмыт үлэни, саҥа бырайыактары тиһигин быспакка ыытар.

При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Территория Просмотров: 796 Источник: ЯСИА Автор: Раиса НИКИФОРОВÀ Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ