Нэһилиэк иһинээҕи суоллары оҥоруу-тупсарыы мэлдьи ыытыллар. Бу соторутааҕыта «Айан-Суол» ХЭТ үлэһиттэрэ нэһилиэккэ 1 км уһуннаах суолга буор куттулар.
«Сырдык Аартык» тыа хаһаайыстыбатын кооператива 150 ыччат сүөһү кыстыыр хотонун тута сылдьар. Үлэни олохтоох уолаттар толороллор.
Нэһилиэккэ эдэр специалистарга анаан икки квартиралаах толору хааччыллыылаах дьиэ туталлар. Аны күһүн дьиэ үлэҕэ киллэриллиэхтээх.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети