ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт
5 ноября 2015, 14:29

Одьулууҥҥа Албан аат скверэ үөрүүлээхтик аһылынна


Алтыннһы 4 күнэ, Одьулуун нэһилиэгэр кэрэ, кэккэ бырааһынньык үөрүүтунэн саҕалынна. Ол курдук, нэһилиэк историятын толору сэһэргиир, Албан аат сквера үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна.

Бу үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ улуус дьаһалтата, тэрилтэ салайааччылара, общественность кыттыыны ылла.

photoByWidth&id=48751&width=1000

Саҥа аһыллыбыт сквергэ баар стендэҕэ нэһилиэк үлэлээн-хамсаан кэлбит үтүө дьоно,  4 колхоз председателин сырдатар мэтириэт, 11 аҕа дойду улуу сэриитин  буойуттарын  сэһэргиир, маны тэнэ 5 герой ийэ сырдык мөссүөннэрин үйэтитэр, 11 көмүс сыбаайбаларыгар диэри эйэлээхтик олорбут дьиэ кэргэттэри дьонно-сэргэҕэ сырдатар, бэрт дириҥ ис суолталаах матырыйааллар  түмүллүбүттэрэ, үүнэр ыччаты иитиигэ үтүө холобур эрэ буолар.  

photoByWidth&id=48752&width=1000  Маны тэнэ, бу кун, Одьулуун нэһилиэгин историятыгар анаммыт музей аһыллыыта үгүс дьон-сэргэ болҕомтотун тарта.  Музей директорынан анаммыт  Е. Окорокова үгүс үлэни ыытан, нэһилиэнньэни кытта көрсөн, матырыйаал хомуйан үлэтин-хамнаһын дьон сэҥээриитигэр таһаарда.

Дьэ, маннык тэрээһиннэр өссө да салҕанан барыылара ыччат дьону иитиигэ сүрүн көмө буолара саарбахтаммыт.

 

При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Ведомости Просмотров: 649 Источник: ЯСИА Автор: Н.Борисова Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ