Онно депутаттар «Мииринэй оройуона» МТ бюджетыттан үбүлэнэр муниципальнай тэрилтэлэр үлэһиттэригэр алын хамнас кээмэйин 2015 сыл от ыйын 1 күнүттэн 18 000 солкуобайынан олохтуурга быһаарыы ылыннылар.
Саха Республикатыгар бу дьыл от ыйын 1 күнүттэн үлэ бириэмэтин толору үлэлээбит, тус эбээһинэһин толорбут үлэһиттэргэ хамнас алын кээмэйэ 15 390 солкуобайынан быһыллыбыта.
Санатар буоллахха, 2015 сыл бастакы кварталыгар киһи нэһиилэ тиийинэн олорор кээмэйэ 14 507 солкуобайга тэҥнэһэрэ. Онон Мииринэй улууһугар республикаҕа алын хамнас саамай үрдүк кээмэйэ олохтонно.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети