ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт
14 августа 2015, 16:56

Өлөөҥҥө улахан теннискэ «Федерация Кубога-2015» серия иккис турнирын кыайыылааҕынан Дмитрий Скороходкин буолла


Соторутааҕыта Өлөөҥҥө «Илкит» спорт саалатыгар улахан теннискэ «Федерация Кубога-2015» серия иккис турнира буолла.

Хотугу улууска кэнники сылларга спорт бу көрүҥэ киэҥ сэҥээриини ылар. Улуу Кыайыы 70, Өлөөн улууһа төрүттэммитэ 80 сылларыгар ананан, Физкультурник күнүн бэлиэтээһин чэрчитинэн ыытыллыбыт күрэхтэһиигэ уон спортсмен кытынна. Теннисистэр таһымнара араа-бараа буолан, көрөөччүгэ интэриэһинэй оонньуулар буоллулар.

Күрэхтэһии түмүгэр бастакы турнир кыайыылааҕа Дмитрий  Скороходкин бу да сырыыга утарылаһааччыларын илиилээх-атахтаах оҥорбото. Иккис миэстэни Дмитрий Докторов ылла.

Үһүс миэстэ иһин Владислав Семенов уонна Илья Типянов икки ардыларыгар олус хатыһыылаах оонньуу буолла. Манна Владислав Семенов күүстээх утарылаһааччытын төрдүс миэстэҕэ үтэйэн пьедестал үһүс үктэлигэр тахсан үгүстэри соһутта.

Теннис федерацията быйыл өссө хас да күрэхтэһиини тэрийэн ыытар былааннаах.

При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Спорт Просмотров: 752 Источник: ЯСИА Автор: СИА Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ