ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт
3 декабря 2015, 09:44

Абый улууһугар чох тиэниилээх үс массыына муус анныгар барда


«СӨ ОДьКХ» ГУП пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, бэҕэһээ күнүс чох тиэниилээх үс массыына муус уйбакка Индигир өрүскэ түстэ.

Икки массыына суоппардара этэҥҥэ быыһанан тахсан, Абый улууһун киин балыыһатыгар тиэрдиллибиттэр. Үһүс суоппар дьылҕата биллибэт. Быһылаан Абый улууһун Белай Горатыттан 17 км сиргэ буолла.

Санатар буоллахха, ахсынньы 1 күнүгэр таас чох тиэниилээх биир массыына Абыйга этэҥҥэ тиийбит. Онтон эр ылан, үс массыынаны ыыппыттар.

Аҕыйах хонуктааҕыта Абый сэлиэнньэтигэр уматык тиэллибэккэ, ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллэ сыспыта.

При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Происшествия Просмотров: 612 Источник: ЯСИА Автор: Александр Тарасов Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ