ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт
14 августа 2015, 17:41

Ньурбалар оттооһун былаанын 43.8 бырыһыан толорон иһэллэр


Ньурба улууһунааҕы тыа хаһаайыстыбатын департамена иһитиннэрэринэн, атырдьах ыйын 13 күнүнээҕи туругунан, улуус үрдүнэн барыта 14825 т от бэлэмнэннэ.

Ол иһигэр ТХПК - 1670 т, бааһынай хаһаайыстыбалар -4555 т, ЛПХ - 8600 т оттоохтор. Барыта 13728 га иэннээх сир охсулунна, 12183 га мунньулунна.

Нэһилиэктэринэн ыллахха, Аканаҕа - 500, Бордоҥҥо - 1332, Дьиикимдэҕэ - 430, Үөдэйгэ - 444, Дьаархаҥҥа - 837, Хаҥаласка - 420, Күндээдэҕэ - 2105, Малдьаҕарга - 499, Өҥөлдьөҕө - 260, Хатыыга - 230, Ньурбачааҥҥа - 1213, Октябрьскайга - 1870, Сүлэҕэ - 980, Хатыҥ Сыһыыга - 510, Түмүккэ - 240, Хорулаҕа - 290, Чаппандаҕа - 2545, Чуукаарга - 120 т от бэлэмнэннэ.

2014 сыл атырдьах ыйын 13  күнүгэр улуус 19623 тонна оту бэлэмнээбитэ. Онон быйыл оттооһун тэтимэ былырыыҥҥытааҕар балачча намыһах. Сыллааҕы былаан 43,8 бырыһыан туолла.

При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Территория Просмотров: 837 Источник: ЯСИА Автор: СИА Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ