2011 сыллаахха төрөөбүт уол оҕо от ыйын 12 күнүгэр дьиэтин тиэргэниттэн тахсан барбыт. Уол сүппүтүн кэннэ төрөппүттэрэ, аймахтара, полиция үлэһиттэрэ уонна олохтоох дьон көрдөөбүттэр, ол эрээри булбатахтар.
От ыйын 13 күнүн сарсыардатыгар Россия ЫБМ Саха сиринээҕи кылаабынай управлениетыгар бу туһунан иһитиннэрии киирбит.
Оҕо төрөппүттэрэ, Нерюнгриттан кэлбит дьон, Саха сирин быыһыыр сулууспатын, Чульман полициятын үлэһиттэрэ, «4 ОФПС по РС(Я)» суһаллык дьайар бөлөх, ПЧ-3 сүппүт уолу көрдүүллэр. 13 бөлөх 13 учаастакка көрдүүр үлэни ыытта.
Чульман диэки 12200 кв. км кээмэйдээх сиргэ-уокка оҕону көрдөөтүлэр.Киэһэ халлаан хараҥаран, үлэ тохтоото. Бүгүн, от ыйын 14 күнүгэр көрдүүр үлэ салгыы ыытыллар.
Сүппүт оҕону буларга 143 киһи, 13 тиэхиньикэ (ол иһигэр ыттардаах 2 кинолог), кинилэртэн Россия ЫБМ 43 киһи, 3 тиэхиньикэ (ол иһигэр ыттаах 1 кинолог) үлэлии сылдьаллар.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети