Ньурбаҕа акцияны салҕаааччынан оройуон баһылыга Борис Попов уонна кини солбуйааччыта Юрий Николаев буоллулар.
Акция кыттыылаахтара быраҕыллыбыт массыына араамаларын, саппаас чаастарын булан утилизацияҕа ыыттылар. Ол кэннэ оройуон дьонун-сэргэтин бу «Вызов - кузов» акцияҕа кыттарга ыҥырдылар.
Ньурба куоракка быйыл тупсарыныы сыла ыытылларынан, бу акция ордук тоҕоостоох буолла. Сыллата суобаһа суох дьон туһаттан тахсыбыт, алдьаммыт массыыналарын, тимирдэрин мээнэ тамнаан, көҥүлэ суох сиргэ сыбаалка оҥорон, айылҕаҕа улахан хоромньуну таһаараллара баар суол. Бу кэһиилэри туоратарга «Вызов-кузов» акция төһүү буолуо диэн эрэллээхпит.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети