ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт

Похожие новости

13 мая 2014, 17:38

«Дуорай» ансамбль Испанияҕа ыытыллыбыт фестивальга лауреат үрдүк ааты ылла

Нам Аллаанытын эр дьонун «Дуорай» ансамбыла Испания Лорет-дель-Мар куоратыгар «Легенды Средиземноморья» норуоттар икки ардыларыннааҕы фестивальга II степеннээх лауреат аатын ылла.

Ансамбль салайааччыта Саргылана Пономарева эппитинэн, тэрийээччилэр ыҥырыыларынан артыыстар бу улахан тэрээһиҥҥэ кыттыбыттар.

«Былырыын дьахталлар ансамбыллара тэрээһиҥҥэ кыттыбыта, инньэ гынан быйыл эмиэ ыҥырыы туппуппут уонна иккис степеннээх лауреат үрдүк аатын ситистибит», - диэтэ кини.

Фестиваль ыам ыйын 3-10 күннэригэр  Барселона – Коста Брава (Испания) – Канны (Франция) – Ницца (Франция) – Монте-Карло (Монако) – Сан-Ремо (Италия) хайысхаларынан ыытыллыбыт.

"Элбэх интэриэһинэй сиргэ сырыттыбыт. Фестиваль тэрээһинин сөхтүбүт. Талааннаах дьон элбэх дойдуттан манна хото муһунна. Ордук Казахстантан кэлбиттэри биһирээтибит», - диэтэ «Дуорай» ансамбль салайааччыта.

Соло категориятыгар биһиги биир дойдулаахпыт Андрей Слепцов кыттыбыт уонна дипломант ааты ылбыт.

 



При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Культура Просмотров: 1868 Источник: ЯСИА Автор: Евдокия Ефимова Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ