Саха сириттэн 30 спортсмены таһынан Тыва республикатыттан, Приморскай, Камчатка уонна Хабаровскай кыраайдартан, Сахалин уобалаһыттан муһуннулар. Мас тардыһааччылар баһыйар үгүстэрэ пауэрлифтингтан уонна армспорттан тахсыбыт дьон. Уһук Илин федеральнай уокуругар Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтин өҥөтүнэн биһиги национальнай көрүҥмүтүн кытта билсибиттэр.
«Көрөргө олус кэрэ уонна умсулҕаннаах көрүҥ. Биһиги спорт бу көрүҥүн киэҥник тарҕатар сыаллаахпыт-соруктаахпыт», - диир абсолютнай кыайыылааҕы быһаарар күрэхтэһиигэ кыайыы көтөллөммүт Саха сирин спортсмена Михаил Савватеев.
Саха омугун оонньуута аҕыс сыллааҕыта мас-рестлинг спорт көрүҥэр кубулуйбута.
Мас-рестлиҥҥэ IV чемпионат түмүгэ маннык буолла
56 кг диэри ыйааһыннаах эдэр уолаттар
1 миэстэ – Рахлеев Александр (Саха сирэ)
2 миэстэ – Ефимов Прокопий (Саха сирэ)
68+ кг ыйааһыннаах эдэр дьон
1 миэстэ – Атаков Семен (Саха сирэ)
2 миэстэ – Захаров Александр (Саха сирэ)
3 миэстэ – Осипов Айсен (Саха сирэ)
56 кг диэри ыйааһыннаах дьахталлар
1 миэстэ – Ковалик Кира (Саха сирэ)
2 миэстэ – Калдарбаева Талаайгуль (Саха сирэ)
3 миэстэ – Колесникова Татьяна (Хабаровскай кыраай)
68 кг диэри ыйааһыннаах дьахталлар
1 миэстэ – Севрюк Ирина (Саха сирэ)
2 миэстэ – Стародубова Валерия (Хабаровский край)
68+ кг ыйааһыннаах дьахталлар
1 миэстэ – Григорь Татьяна (Саха сирэ)
2 миэстэ – Мальченко Роза (Хабаровскай кыраай)
3 миэстэ– Варламова Ольга (Сахалин уобалаһа)
62 кг диэри ыйааһыннаах эр дьон
1 миэстэ – Неустроев Дмитрий (Саха сирэ)
2 миэстэ – Болтунов Иван (Саха сирэ)
3 миэстэ – Ефимов Дьулустан (Хабаровскай кыраай)
74 кг диэри ыйааһыннаах эр дьон
1 миэстэ – Платонов Афанасий (Саха сирэ)
2 миэстэ– Ковалик Михаил (Саха сирэ)
3 миэстэ – Гурьев Альберт (Саха сирэ)
90 кг диэри ыйааһыннаах эр дьон
1 миэстэ – Баишев Егор (Саха сирэ)
2 миэстэ – Слепцов Василий (Саха сирэ)
3 миэстэ– Эверстов Егор (Саха сирэ)
90 + кг диэри ыйааһыннаах эр дьон
1миэстэ – Савватеев Михаил (Саха сирэ)
2 миэстэ – Захаров Иван (Хабаровскай кыраай)
3 миэстэ – Постников Игорь (Хабаровскай кыраай)
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети