Маннык санаа чэрчитинэн, сэтинньи 4 күнүгэр, бүтүн дойду үрдүнэн бэлиэтэнэр Ил-эйэ, сомоҕолоһуу күнүн көрсө Бахсы нэһилиэгэр чааһынай ыалы сылааска холботуу үөрүүлээх түгэни дьон-сэргэ бэлиэтээтэ. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга А.Т. Ноговицын, улуус Сэбиэтин председателэ В.В. Гүляев, ДьКХ тэрилтэтин салайааччыта Е.И. Саввин кыттыыны ыллылар.
Санатар бүоллахха, бү программа чэрчитинэн, быйылгы кыстыгы көрсө улуус үрдүнэн барыта 364 ыал холбоноро былааннанан, күн бүгүн бу сыыппара чүолкайданан, хас нэһилиэк ахсын дьон-сэргэ үөрүүтэ үгүс. Быйыл саастан улуус дьаһалтата, ДьКХ тэрилтэтэтэ, олохтоох нэһилиэк дьаһалталарын сүрүннээһиннэринэн үлэ-хамнас сөптөөхтүк салайыллынна.
Бахсы нэһилиэгин киин уулуссатын икки өттүнэн көнө магистраль тардыллан, барыта 28 ыал сылааска холбонон, нус-бааччы, томмокко-хаппакка олорор үсүлүобүйалара толору оҥоһулунна. Бу күн, алгыс сиэрэ-түома тэриллэн, кыһыл лиэнтэ быһыллан, тыа дьонун олоҕор биир умнуллубат кэрэ, бэлиэ күн үүннэ. Нэһилиэк баһылыга И. Барашков этэринэн, сылааска холботуу боппуруоһа турбутугар хас биирдии ыал хомуллар харчыны үөрэ-көтө биэрэн, биир өйүнэн-санаанан бу улахан дьыаланы ситиспиттэр. Кэлэр сылга аны үөһэ ыалларбытын холботуохпут диэн баһылык үөрүүтүн үллэстэр. Түгэнинэн туһанан, улуус дьаһалтатыгар, ДьКХ тэрилтэтигэр, бары үлэлээбит дьоҥҥо махталын тиэрдэр.
Инникитин эмиэ бу курдук, тыа дьонүн олоҕор туһуламмыт дьаһаллары улууспут салалтата болҕомтоҕо ылан, онно үлэни-хамнаһы сөптөөхтүк сүрүннээн, былааннаахтык ыыттар, ыччат олохсуйуута, тыа сиригэр дьон-сэргэ тардыһыыта күүһүрүөх, үлаатыах этэ.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети