ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт
10 декабря 2014, 15:44

Саха сирэ икки кэрэ куоланар дуо?


"Мисс Республики Саха" куонкурус таһынан, урукку "Мисс Якутия" уларыйан "Мисс Якутии Күн Куо" диэн кырасаабыссалар күрэстэһиилэрэ баар буолар чинчилээх.

Өрөспүүбүлүкэбитигэр кэрэ куолар күрэстэрэ чаастатык ыытыллаллар. Оттон сүрүн, чахчы суолталаах, СӨ үрдүнэн бастыҥ кыраһаабыссаны биллэрэр куонкуруһунан ханныгы ааҕабыт? Быйыл ураты форматтаах «Мисс РС(Я)» диэн куонкуруһу дизайнер, «TAYAMODELS» модельнай агентство дириэктэрэ Петр Яковлев тэрийэн ыытта. 
Маны таһынан 1996 сыллаахтан «Мисс Якутия» бренд буолбут куонкурус баара. Саха сиригэр 2013 сылга бастыҥ кыраһаабыссаны талар уустук этэ. «Мисс Россия» тэрийээччилэрэ Москваттан бэйэлэрэ саха кыыһын булан куонкурустарыгар кытыннарбыттара. 2012 сылга диэри «Мисс Якутия» куонкуруһу «Айыы-Куо» модельнай агентство дириэктэрэ Лена Голубь салайар этэ. 2013 сыллаахха Бүтүн Россия куонкуруһугар Саха сирин ааттатар кыттааччы көстүбэҕэ. Кэлин «Мисс Россия» куонкурус тэрийээччилэригэр ким да сибээскэ тахсыбатах диэн буолбута. Түмүгэр, бу сылга от ыйыгар Петр Яковлев Москваҕа «Мисс Россия» региональнай куонкурус дириэктэрин Анастасия Моисеевалыын көрсөн, куонкуруһу Саха сиригэр ыытарга лицензия ылбыта. Оттон Лена Голубь эмиэ саҥа форматтаах «Мисс Якутия - Күн Куо» диэн куонкуруһу 2015 сыл саҕаланыыта тэрийээри сылдьар.
Бу туһунан циркэ рекламаҕа отделын специалиһа, тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ Анастасия Реброва кэпсиир: 2013 сыллаахха куонкурус буолбатаҕа, тэрийбэтэхтэрэ. Оттон куонкурус эһиил олунньу ыйга «Мисс Якутия-Күн Куо» диэн ааттанан ыытыллыаҕа. Тоҕо быйыл эрдэ буолбата диир буоллаххытына, биһиги тэрийээччилэри кытта бастатан туран «Мисс Якутия-2012» Наталья Олесованы кэтэһэбит, кини билигин Кытайга «Мисс-Модель Мира-2014» куонкуруска Россия аатыттан кытта сылдьар. Онно номнуо «Мисс национальный костюм» үрдүк аатын ылбыт. Иккиһинэн, кастинг ыытылла илик, ол эрэн биһиги сэттэ саха, сэттэ нуучча уонна сэттэ аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыргыттарын кытыннарыахпыт диэн баһаардыбыт. Кыайыылаах кыыс Москваҕа баран "Мисс Россияҕа" кыттар. Тэрийээччинэн «Айсар» өрөспүүбүлүкэтээҕи общественнай түмсүү буолла. Куонкурус ыччат бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи «Күн дьоно-Люди Солнца» фестивалын чэрчитинэн ыытыллыа. Лена Голубь куонкуруһу ыытар быраабы тиксэрэрэ күүтүллэр.

«Мисс Якутия» саҥа аатынан эргиллэрин туһунан билэн биһиги «Мисс РСЯ» креативнай дириэктэригэр Виталий Дьяконовка сибээскэ таҕыстыбыт: «Мисс РС(Я)-2014» куонкурус суолталаах, дьоһун. Көрөөччүлэр, суруналыыстар, кыттааччылар сыанабыллара, биһирэбиллэрэ онно төрүөт буолар. Мин санаабар, өрөспүүбүлүкэҕэ үс улахан кэрэ куолар күрэхтэһэр куонкурустара баар - «Мисс РС(Я)», «Мисс Виртуальная Якутия» уонна «Мисс Евразия». Ити куонкурустар сайдыылаахтар уонна инникилээхтэр. «Мисс Якутия Күн Куо» мин санаабар улахан суолтата суох буолуо, тоҕо диэтэргит, кинилэр «Мисс Россия» куонкуруска кыттааччыны бэлэмниир лицензиялара суох, ол иһин тэрийээччилэр биһиэхэ бу куонкурсу тэрийэргэ быраап биэрбиттэрэ.
Санатан эттэххэ, «Мисс Россия 2015» түмүктүүр түһүлгэтэ кулун тутар ый бүтүүтэ ыытыллыа. Официальнай сайтарыгар Саха сирин бэрэстэбиитэлэ — Петр Яковлев диэн сурулла сылдьар.

Бу туһунан сиһилии "Эдэр саас" хаһыат 03.12.14 нүөмэригэр ааҕыҥ.

При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Не факт Просмотров: 1855 Источник: ЯСИА Автор: Светлана Павлова Подписаться на обновления

Комментарии Добавить комментарий

mehmood alam 3 апреля 2024, 21:28 Ответить
0
Fantastic Put up, I'm sure a giant believer through post feed-back concerning webpages towards allow the blog page consultants recognise that they’ve further a specific thing positive towards the web! swimming pool cover
Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете в систему. Вход / Регистрация
mehmood alam 6 апреля 2024, 19:39 Ответить
0
That i originated onto your webpage despite the fact that highlighting basically just a bit submits. Fine strategy for after that, I am bookmarking at any one time take an individual's finished increases. CNPR Pharmaceutical Sales
Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете в систему. Вход / Регистрация
Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ