Эбээн омук түөлбэлээн олорор Кэбэргэнэ нэһилиэгин сиригэр-уотугар үөрүүлээх түгэн тосхойдо. Ол курдук, Усуйаанаттан 100 табаны тиэйэн аҕаллылар. Майыардар анал сиэри-туому тутуһан, аал уоту оттон айах тутан көрүстүлэр.
Эрчимнээх, эр санаалаах суоппардар 560 км сири 1.5 суукка айаннаан кэллилэр.
Кэлбит табачааннары салгыы ыстаадаҕа тиэрдэргэ эмиэ туһунан айан буолла... Ол курдук, тоҥуу хаары солоон, киэҥ ыыры тэлэн, табаларын оннуларын буллардылар. Хоту дойду хорсун санаалаах эр бэртэрэ былааннаммыт сыалларын ситиспиттэриттэн сэмээр үөрэллэр эрэ.
Ити курдук, “Опора” үлэһиттэрэ, табаларын ахсаанын элбэтэн, оҥорон таһаарар бородууксуйаны дэлэтэн, эбээн норуотун төрүт дьарыгын салгыы сайыннарар баҕалааахтар. Адаар муостаах табаттан албан аатыран, суон сураҕыран, бары күүһү түмэн өссө таһаарыылаахтык үлэлииргэ соруннулар.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети