Дьүүллэһиигэ тылы бастакынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка биэрдилэр. Инклюзивнай үөрэхтээһини сайыннарыыга ХИФУ научнай-инновационнай киинин үлэтин туһунан киин дириэктэрэ Пантелеймон Егоров кэпсээтэ. Кини Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр инклюзивнай үөрхтээһини киллэриигэ Евгения Михайлова ректордаах ХИФУ ураты болҕомтотун тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
2010 с. ХИФУ учуонай сэбиэтин быһаарыытынан, аан дойду стандартыгар эппиэттиир аныгы тэриллэрдээх үөрэтэр-научнай лаборатория аһыллыбыта. Адаптивнай компьютернай технологиялар лабораториялара – Россияҕа эрэ буолбакка, Епропаҕа биир бастыҥнара. 2013 с. лаборатория базатыгар Уралтан бэттэх соҕотох инклюзивнай үөрэхтээһини сайыннарар научнай-инновационнай киин тэриллибитэ.
Мунньах түмүгэр инбэлииттэр дьыалаларыгар Россия Президенин сүбэһитэ, Президент иһинэн инбэлииттэр дьыалаларыгар хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Александра Левицкаяҕа тыл бэрилиннэ. Кини инклюзивнай үөрэхтээһин тиһигэ инникитин өссө сайдыахтааҕын эттэ, ыччаттар орто уонна үрдүк профессиональнай үөрэххэ төһө наадыйалларыгар мониторинг ыытыллыбатын бэлиэтээтэ. Ону тэҥэ, кинилэри үлэнэн хааччыйыы боппуруоһугар ректордар улахан болҕомтолорун ууруохтаахтарын ыйда.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети