Нерюнгри оройуонун тыа хаһайыстыбатыгар управлениета булт хаһаайыстыбатын департаменын кытта булчуттар биригээдэлэрин тэрийдэ. Кинилэр бөрөлөр сылдьар сирдэригэр уонна вертолетунан көтө сылдьан бөрөлөрү өлөртүөхтэрэ.
Сыл бастакы аҥаарыгар өрөспүүбүлүкэҕэ табаны иитэр бары хаһаайыстыбаларга 14,7 тыһ. таба тиийбэтэҕэ биллэр. Ол иһигэр 5,5 тыһыынча табаны адьырҕа кыыллар тарпыттар. 7,5 тыһыынча сүппүтүнэн ааҕыллар. Араас төрүөттэринэн 1,8 тыһыынча таба охтубут.
Сүтүгү тугуттар толуйаллар. Быйыл 47,1 тыһыынча тугут төрөөтө.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети