ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт

Похожие новости

7 августа 2014, 17:10

Яна дириҥэ сөбө суоҕуттан, таһаҕаһы тиэйии болдьоммут кэмтэн кыратык хаалла

Яна өрүһү дириҥэтэр земснарядтар үлэлэрин күн-дьыл туруга мэһэйдээтэ. Ити туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анаптолий Скрыбыкин салайан ыыппыт мунньаҕар эттилэр.

 Анатолий Скрыбыкин Саха сиригэр навигация хаһан да чэпчэки буолбатаҕын бэлиэтээтэ.

Яна уонна атын хоту улуустарга гидрологическай быһыы-майгы соччо үчүгэйэ суох.  «Этиҥнээх ардахтартан өрүс таһыма эбиллиэ суоҕа», – диэтилэр гидрометеосулууспаттан.

СИА-ҕа эппиттэринэн, былааннаммыт 154 тыһ. тонна таһаҕас тиэрдиллиэхтээҕиттэн, билиҥҥитэ 110 тыһ.тонна тиэйбиттэр. Ити былаан 71%. 31 тыһ. тонна тустаах сиригэр диэри тиэрдиллибит. Уопсайа 154 тыһ. тоннаттан баһыйар үксэ 117 тонната - чох. Итинтэн 92 тыһ. тоннаны тиэйбиттэр, 29 тыһыынча анаммыт сиригэр тиийбит. Онтон хаалбыта нефть уонна нефть бородууктата.

Янаҕа таһаҕаһы тиэрдии тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр сүктэриллибит.      

При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Экономика Просмотров: 1140 Источник: ЯСИА Автор: Ньургуяна Стручкова Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ