ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт

Похожие новости

18 ноября 2013, 14:29

Галина Данчикова элбэх оҕолоох ыаллар айымньыларын кытта билистэ


Республикаҕа элбэх оҕолоох ыаллар төһөлөөх талааннаахтарын туһунан РФ ийэлэрин Күнүгэр уонна Саха республикатыгар Ийэ Күнүн бэлиэтээһин 20 сылыгар анаммыт үөрүүлээх киэһэҕэ туруоруллубут быыстапкаҕа көрөн итэҕэйиэххэ сөбө. Бу тэрээһин Д.К.Сивцев – Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет театрыгар ыытылынна.

Норуот маастардарын айымньыларын кытта республика правительствотаны бэрэссэдээтэлэ Галина Данчикова билистэ. Быыстапка кэмигэр элбэх оҕолоох ыаллар быһылыктара республика правительствотыгар, Галина Иннокентьевнаҕа тус бэйэтигэр болҕомтотун, көмөтүн уонна өйөбүлүн иһин махтаннылар. Бу, биллэн турар, олох устун чиҥник хаамарга, оҕону иитиигэ көхтөөх уонна биир хайысхалаах буоларга көмөлөһөр.

Уонна, биллэн турар, хас биирдии ыал республика премьер-министрин дьиэтигэр ыҥырда. Галина Иннокентьевна ыҥырыы иһин махтанна, көрсүһүү хайаан да буоларыгар эрэннэрдэ, диэн СР правительствотын бэрэссэдээтэлин Секретариата иһитиннэрэр.

При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Общество Просмотров: 1573 Источник: ЯСИА Автор: СИА Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ