-
«Хатас — Павловскай» хайысханан мууһунан сырыы 3 тоннаҕа диэри ыйааһыннаах массыыналарга;
-
«Ньурба – Малдьаҕар» хайысханан 4 тоннаҕа диэри ыйааһыннаах массыыналарга.
Саха сиригэр 19 мууһунан сырыы үлэлиэҕиттээҕиттэн, бүгүҥҥү туругунан 6 хайысханан айан аһылынна. Муус халыҥыттан көрөн, массыыналар ыйааһыннара улаатан иһиэҕэ.
Суолга куттал суох буолуутун хааччыйар инниттэн, ГИМС, Россия ЫБММ Саха сиринээҕи көрдүүр-быыһыыр этэрээтин үлэһиттэрэ анал пууннарга автотранспорт ыйааһынын бэрэбиэркэлииллэр, хонтуруоллууллар, суоппардары кытта сэрэтэр үлэни ыыталлар.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети