„Алмазкредитсервис“ кооператив 10 сыллаах үбүлүөйүнэн сибээстээн бастыҥ паайщиктаахтарын эҕэрдэлээн туран махтал суруктары туттарда. Ол курдук, А.С.Бережнова, А.С.Волкова, В.Н.Оконешникова, А.К.Оконешникова, В.В.Шарин уонна А.П.Явловская кредиттэрин кэмигэр төлөөн иһэр заёмщиктарынан буолаллар.
Маны таһынан, дьоро киэһэҕэ кредиккэ бастыҥ историялаах дьон икки ардыларыгар лотерея оонньонно. 10 үрүҥ көмүс, 2 кыһыл көмүс уонна 2 бриллианнаах оҥоһукка 57 киһи кытынна. Үрүҥ көмүс оҥоһуктарыВ.А.Созонова, М.И.Бережнова, А.Д.Сыроватская, С.А.Тайшин, В.В.Данилов, Л.А.Тарасова, А.С.Бережнова, Н.И.Михайлов, Д.И.Созонов, А.А.Винокурова, кыһыл көмүс оҥоһуктары М.И.Волкова, Н.И.Тайшина, 8 тыһыынча суумалаах бриллианы В.К.Оконешникова уонна 18 тыһыынча суумалаах бриллианы А.М.Винокуров сүүйэн ыллылар.
Итини таһынан, тэрилтэ торду астааһыҥҥа куонкурус биллэрбитэ. Онно 5 киһи кыттыбытыттан, үһүс миэстэниСюзанна Оконешникова, иккиһи - Мария Корякина ыллылар. Оттон кыайыылааҕынан Оксана Лаптева буолла. Бу тортар аукциоҥҥа туран, ыарахан сыанаҕа атыыланнылар. „Аукционтан киирбит харчыны — 7 тыһ. 200 солкуобайы — тохсунньу 2 күнүгэр ыытыллар оҕолор Саҥа дьыллааҕы утренниктарыгар туһанылларыгар „Кулума“ Сынньалаҥ кииҥҥэ туттарабыт“, — диэтэ салайааччы Варвара Васильевна.
- Итинник республикаҕа саамай улахан кооператив үбүлүөйдээх тэрээһинэ Орто Халымаҕа ситиһиилээхтик ааста.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети