ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт

Похожие новости

29 января 2015, 10:49

Өксөкүлээх аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ сыллааҕы былаанын хас да төгүл куоһарда


Ааспыт сыл Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр тэтимнээхтик ааста. Дириэктэр Яна Игнатьева сыллааҕы үлэтин отчуотугар былааны хас да төгүл куоһаран толордубут диэн эттэ.

photoByWidth&id=21639&width=1000Ол курдук, былааннаммыт 120 тэрээһин оннугар 310 араас тэрээһини ыыппыттар. Онно 3600 киһи кыттара былааннаммытыттан уонтан тахса тыһ. киһи кыттыбыт. 24 тыһ. көрөөччү оннугар 62 тыһ. көрөөччү сылдьыбыт.
16 маастар-кылаас, семинар тэрийэргэ былааннаныллыбытыттан 45 ыытыллыбыт. 47 быыстапкаҕа 10 тыһыынчаттан тахса киһи сылдьыбыт.
Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр 72 киһи үлэлиир. Үлэһиттэр орто хамнастара 37 тыһ. 280 солк. 8 образцовай ансаамбыл, 32 айар коллектив сылы быһа дьарыктаналлар.
Арктика сылыгар аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттарга анаан элбэх тэрээһин ыытыллыбыт. Халандаарынан көрөн, итэҕэл уонна араас омуктар бырааһынньыктарын тэрийбиттэр. Ааспыт сылга араас быыстапкалар («Вышитая картина», «Бисер Севера», «Косторезное искусство», “Пространство кукол», «Якутия мастеровая» о.д.а.) дьон болҕомтотун тардыбыттар.

При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Культура Просмотров: 1434 Источник: ЯСИА Автор: Ангелина Васильева Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ