“Арктика. Ритмы кочевых культур” диэн бырайыак чэрчитинэн, былырыыҥҥыттан саҕалаан, виртуальнай музейдар арыллан эрэллэр. Бастакы музей Эдьигээҥҥэ арыллыбыта. Быыстапкаҕа 700-тэн тахса киһи сылдьыбыта. Өлөөн улууһугар 2014 сыл алтынньытыгар аһыллан, дьон болҕомтотун тарпыта.
Быыстапка кэмигэр олохтоох музей үлэһиттэрин үөрэтии, маастар-кылаастар, нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүлэр, Художественнай музей быыстапката буолаллар.
Көрсүһүү кэмигэр Булуҥ эбэтэр Анаабыр улуустарыгар виртуальнай музей арыйар туһунан кэпсэттилэр. Иван Андреев Тиксиигэ баар музей дьиэтэ өрөмүөннэммитин кэннэ арыйар ордугун эттэ. Сотору кэминэн Тиксиигэ барыахтааҕын, онно баһылыгы кытта кэпсэтэн, өрөмүөн дьыалата быһаарылыннаҕына, виртуальнай музейы арыйыахха сөбүн тоһоҕолоото. “Быйыл былаан быһыытынан биир музейы, кэлэр икки сыл иһигэр барыта биэс музейы арыйыахпыт”, -- диэн кини эттэ.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети