ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт
10 февраля 2014, 15:24

Ньурба улууһугар маҕаһыын урукку үлэһитэ уорууга уорбаланар

Ньурба оройуонун ИДЬМ-ын силиэдэбэтэллэрэ 170 тыһыынча солкуобайдаах уорууга уорбалаан 26 саастаах эр киһиэхэ холуобунай дьыала тэрийдилэр, диэн республика ИДЬМ-тан иһитиннэрэллэр.

Ааспыт сыл ахсынньытыгар полиция салаатыгар тустаах урбаанньык кэлэн, инвентаризация кэмигэр атыылыырга анаммыт табаар тиийбэтэ көстөн тахсыбытын кэпсээбит.

Итиннэ полицейскайдар бэрэбиэркэ ыыппыттар. Биллибитинэн, 2011 -2013 сыллар усталарыгар маҕаһыын 26 саастаах үлэһитэ миэбэли, тутуу матырыйаалларын уонна уокка холбонор маллары иҥэриммит. Ночоото уопсай сууммата 170 тыһыынча солкуобайынан быһаарыллыбыт.

Силиэстийэ салгыы ыытыллар.

При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Происшествия Просмотров: 2562 Источник: ЯСИА Автор: СИА Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ