РФ доруобуйа харыстабылын, экономическай сайдыы министиэристибэтин 739 №-дээх 2013 сыл ахсынньы 16 күнүгэр тахсыбыт бирикээһигэр суруллубутунан 2014 сылга омук дьонун үлэҕэ ылыы квотата — 9395 оробуочай миэстэ ( 2013 с. – 9970).
2014 сыл 4 ыйын устата үлэлииргэ уопсайа 4215 көҥүл бэриллибит (АППГ – 3368), ол иһигэр 3696 көҥүл — визата суох кэлбит омук гражданнарыгар (АППГ – 2601, +42,1%), кыраныысса таһыттан кэлбиттэргэ - 519 (АППГ – 767, -32,3%).
Омук дойдуларыттан кэлбит дьон үгүстэрэ 65,7% тутуу эйгэтигэр үлэлииллэр. 7,8% кууһунан уонна биирдиилээн атыы эйгэтигэр, 2,7% оҥорон таһаарыыга үлэлиир.
2014 сыл 4 ыйынааҕы туруган Саха сиригэр омук дьонугар 5415 патент оҥоһуллубут (АППГ – 5411).
Ыйыллыбыт кэмҥэ патент баһыйар үксэ, ол эбэтэр 50,1% 1 ыйга, 9,0% - 2 ыйга, 40,9% - 3 ыйга диэри бэриллибит.
2014 сыл 4 ыйыгар 3369 патент уһатыллыбыт, ол иһигэр 3 ыйга - 53,6%, 2 ыйга – 19,1%, 1 ыйга диэри – 27,2% уһаабыт.
Саамай элбэх сайабылыанньа Кыргызстан (27,6%) гражданнарыттан киирбит.
Бу патентан республика бюджетыгар киирэр үп-харчы 20230,0 тыһ. солк. быһыллар.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети