ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт

Фотоматериалы

альбомы
(Не отображено 121 фото) Просмотреть все
9 июля 2014, 21:39

Саха сирин норуоттарын VI Спортивнай оонньуулара сыыппара хараҕынан


Бу күннэргэ Спортивнай оонньуулары сырдатар пресс-киин күрэхтэһиилэргэ кытта сылдьар спортсменнар уонна ыалдьыттар тустарынан бары чахчыны күннээҕинэн хомуйа, билсэ олорор. Оонньуулар бастакы күннэрин сыыппара хараҕынан кылгастык билиһиннэрдэххэ: 20 үлэлиир миэстэлээх пресс-киин аһылынна. Сөкүүндэҕэ 10 мегабайт түргэннээх оптоволоконнай Интернет үлэлиир.

Оонньууларга 2 133 кыттааччы регистрацияланна. 37 спортивнай хамаанда кыттар. 27 улуус баһылыга: 26 эр киһи, 1 дьахтар. 116 улуус бэрэстэбиитэлэ: 98 эр киһи уонна 18 дьахтар. 93 суоппар Оонньуулар сүрүн тэрээһиннэрин хааччыйар 92 - эр киһи, 1- дьахтар. 172 тренер: 152 эр киһи уонна 20 дьахтар.

photoByWidth&id=8423&width=1000

22 быраас уонна 2 медицинскэй сиэстэрэ үлэлиир. 17 – эр киһи, 5 – дьахтар. 5 “Суһал көмө” массыыната ыксаллаах быһыыга-майгыга бэлэм турар. Оонньууларга “Суһал көмө” массыыналарынан Чурапчы, Мэҥэ-Хаҥалас, Уус-Алдан, Хаҥалас уонна Нам улууһун киин балыыһалара хааччыйдылар. 13 медицинскэй пуун үлэлиир.

VI Спортивнай оонньууларга 105 волонтер үлэлиир: 100 – Нам улууһуттан, 5 --Дьокуускайтан кинилэри салайар киһи.

photoByWidth&id=8424&width=1000

815 спортсмен араас спортивнай разрядтаах: 3 – спорт үтүөлээх маастара, 14 – норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, 124 спорт маастара, 135 спорт маастарыгар кандидат, 196 спортсмен 1-кы разрядтаах, 165 спортсмен 2-с разрядтаах, 178 спортсмен 3-с разрядтаах.

photoByWidth&id=8425&width=1000

При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Спорт Просмотров: 4179 Источник: ЯСИА Автор: Елена Потоцкая Изображение: Виктор Эверстов Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ