«Олохтоох суолталаах суолга тырааныспар сырыыта тохтоон турар. Ити Таатта, Өймөкөөн, Уус-Алдан, Мэҥэ-Хаҥалас, Чурапчы улуустарын 24 нэһилиэнньэлээх пууннарыгар. Резервэ фондатыттан сырыыны, айаны хааччыйыыга 43 мөл. солк. бэриллэр», - диэн суруналыыстарга эттэ тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Семен Винокуров.
«Уунан сырыы суох сирдэригэр дьону вертолетунан таһыахпыт», - диэтэ миниистир.
Ону таһынан кини «Амма» суолга быһыы-майгы хайдаҕын туһунан кэпсээтэ.
«СР ДьКХ» ГУП салалтатын кытта көрсөн кэпсэттибит. Онно Амма суолунан уматыгы таһыы кээмэйин дьүүллэстибит. Амма уутун таһыма намтаан, чох ситэри тиэрдиллибэккэ турар. Бу суолга 190 мөл.солк. ыытар туһунан быһаарыы ылынныбыт. Бэдэрээччиттэри кытта контракт түһэрсилиннэ. Балаҕан ыйыгар диэри суолунан сырыыны оннугар түһэрэр соруктаахпыт», - диэтэ С.Винокуров.
Комментарии
Авторизация на сайте через социальные сети