ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт

Похожие новости

23 октября 2014, 09:42

Тыаҕа хайдах тыыннаах хаалары быыһааччылар оскуола оҕолоругар кэпсээтилэр


Саха сиринээҕи быыһыыр сулууспа быыһааччылара алтынньы 22 күнүгэр «Бэс Чагда» оҕо лааҕырын иһинэн тэриллибит «Эдэр быыһааччы» оҕолоругар үлэлэрин туһунан кэпсээтилэр. Бу туһунан ЫБММ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

 Аэромобильнай көрдөөһүн  подразделениятын  начальнига 1-кы кылаастаах быыһааччы Андрей Карпович оҕолору тыаҕа хайдах муммакка сылдьар,  суолу сүтэрдэххэ тугу гыныахтаахтарын сиһилии кэпсээтэ. "Бу туһунан кэспэтии тыа сиригэр олорор  оҕолорго ордук өйдөнүмтүө. Билигин оҕолор  муннахха, үөскээбит уустук быһыыттан-майгыттан куомпаһа суох хайдах тахсары дьэҥкэтик билэллэр", - диэтэ кини. Тыаҕа ууну булууга, аһы астаныыны  быыһааччылар оҕолорго сиһилии сырдаттылар.

photoByWidth&id=14587&width=1000

Ол кэнниттэн быыһааччылар оҕолорго олох араас түгэннэригэр туттуллар  массыыналарын, тиэхиньикэлэрин  көрдөрдүлэр,  ханнык түбэлтэҕэ туох туттулуохтааҕын быһаардылар. Кэпсэтиһии кэмигэр оҕолор быыһааччыларга араас ыйытыктарын биэрэн, билбэттэрин биллилэр.     

При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Общество Просмотров: 2461 Источник: ЯСИА Автор: СИА Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ