ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт

Похожие новости

7 ноября 2014, 12:22

Эдэр ийэлэр үрдүк үөрэххэ бэлэмнэнэр уонна стипения ылар кыахтаннылар


Россия вице-премьера Дмитрий Медведев оҕолорун көрөн олорор эдэр ийэлэр үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин бэлэмнэнии салаатыгар үөрэнэллэрин уонна стипендия ылалларын мэктиэлиир дьаһалга илии баттаата. Ити туһунан Россия бырабыыталыстыбатын саайтыгар суруллар.

Эдэр ийэлэри үөрэтии бырагырааматын боруобалааһын быһыытынан ыыталлар. Манна 51 үөрэх тэрилтэтэ кыттар.

Бырагыраама 2015 бэс ыйын 30-гар диэри ыытыллар. 23-гэр диэри саастаах эдэр ийэлэр 2 тыһ.солк. кээмэйдээх стипендияны ылыахтара.

 Эксперимент быһыытынан киирэр бырагыраамаҕа 23-гэр диэри саастаах, биир уонна онтон элбэх оҕолоох эдэр ийэлэр кытталлар.Кинилэр үрдүк үөрэҕэ суох буолаллара уонна РФ гражданствота булгуччулаах ирдэбил.

При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Общество Просмотров: 2312 Источник: ЯСИА Автор: СИА Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ