ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт

Похожие новости

25 ноября 2014, 15:38

Дьокуускайга эдэр суруналыыстар өрөспүүбүлүкэтээҕи IV медиафорумнара ыытыллыаҕа


Сэтинньи 27-29 күннэригэр Дьокуускайга эдэр суруналыыстар өрөспүүбүлүкэтээҕи IV медиафорумнара ыытыллыаҕа.

Саха сирин Суруналыыстарын союһун бэрэссэдээтэлэ Галина Бочкарева СИА-ҕа иһитиннэрбитинэн, форум бырагыраамата олус киэҥ.

«Тэрээһин аһыллыыта ХИФУ «Сэргэлээх уоттара» Культурнай киинигэр буолуоҕа. Россия бастыҥ суруналыыстара Всеволод Пуля, Александр Макунин уо.д.а. маастар-кылаастары ыытыахтара. Бырабыыталыстыба 2 №-дээх дьиэтигэр биллиилээх фотограф Мичил Яковлев хаартыскаҕа түһэрии кистэлэҥнэрин кытта билиһиннэриэ», – диэтэ кини.

Саха сирин Суруналыыстарын союһун бэрэссэдээтэлэ маннык тэрээһин суруналыыстар идэлэрин таһымын үрдэтэр туһуттан ыытылларын бэлиэтээтэ.

«Бу үөрэх бырагыраамата. Маннык тэрээһиннэргэ соҕуруу барыы-кэлии элбэх үбү эрэйэр. Онон сыллата биллиилээх суруналыыстары бэйэбитигэр ыҥырабыт», - диэн эттэ Галина Бочкарева.

При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Общество Просмотров: 2131 Источник: ЯСИА Автор: Евдокия Ефимова Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ