ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт
23 апреля 2015, 11:05

Ыарыыны эрдэттэн сэрэтиигэ саамай көдьүүстээх ньыманан быһыы буолар


Саха сирэ, үгэс курдук, муус устар 20-26 күннэригэр иммунизация Европатааҕы нэдиэлэтигэр кыттар.

Быйылгы дьаһал «Быһыыны биэриигэ итэҕэстэри суох оҥоруу» диэн лозунунан ыытыллар. Ыарыыны сэрэтэр быһыыны биэрии - СӨ Роспотребнадзор управлениетын уонна Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин үлэлэрин биир сүрүн суолталаах хайысхалара.

Биллэрин курдук, дьон олоҕун быыһыырга уонна ыарыыны эрдэттэн сэрэтиигэ саамай көдьүүстээх ньыманан быһыы буолар. Быһыы көмөтүнэн оспа суох оҥоһуллубута. Куор, тартарар сыстыганнаах ыарыы (столбняк), дифтерия, В гепатит уонна да атын инфекциялар аҕыйаатылар. Быһыы аан дойдуга сыллата 2-3 мөлүйүөҥҥэ тиийэ өлүү тахсыаҕын сэрэтэр.

Нэһилиэнньэ быһыы көдьүүһүн уонна ыарыыны сэрэтии туһунан билбэтиттэн быһыыттан аккаастанар түгэнэ баар. Дьиҥэр, кэлии-барыы элбии турар кэмигэр атын дойдулартан сыстыганнаах ыарыыны киллэрэр куттал кыччаабат.

Роспотребнадзор управлениета иһитиннэрэринэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр быһыыны биэрии нэдиэлэтигэр куору уонна тартарар сыстыганнаах ыарыыны утары быһыыны биэриигэ ураты болҕомто ууруллуоҕа.

Быһыыны биэрии Европатааҕы нэдиэлэтин дьаһаллара Роспотребнадзор уонна СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин былааннарынан ыытыллаллар.

Роспотребнадзор управлениетын 8(4112) 124, 44 60 67 нүөмэригэр эрийдэххитинэ, управление үлэһиттэрэ быһыылар суолталарын туһунан кэпсиэхтэрэ, эһиги ыйытыыларгытыгар хоруйдуохтара.

При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Общество Просмотров: 533 Источник: ЯСИА Автор: Надежда Егорова Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ