ЯСИА12+ СахаМедиа

Сюжеты

Главное Политика Экономика Общество Территория Инвестник Происшествия Культура Спорт Природа Жизнь Подробно Не факт

Похожие новости

15 июля 2014, 15:40

Тас дойду тиэхиньикэтин атыылаһыыны бобуу Саха сирин чунуобунньуктарыгар сыһыана суох


Былаас уорганнарыгар омук массыыналарын атыылаһыы тохтотулларын туһунан РФ бырабыыталыстыбатын уурааҕа тахсыбыта. Ити үбү-харчыны кэмчилиир сыаллаах-соруктаах. Ол эрээри, ити Саха сиригэр дьайыа суоҕа.

«Бюджет дефицииттээҕинэн, анал тиэхиньикэни эрэ атыылаһар туһунан дьаһал баар», - диэн СИА-ҕа эттэ сакааһы үөскэтии уонна аттарыы департаменын салайааччытын э.т.  Мария Ефимова.

РФ бырабыыталыстыбатын уурааҕа чунуобунньуктар массыыналарыгар эрэ сыһыаннаах буолбатах, бу — уопсастыбаннай тырааныспарга, омук сиригэр оҥоһуллар аналлаах тиэхиньикэҕэ эмиэ дьайар.

Ефимова республика наадыйыытыгар атыылаһыллар тиэхиньикэ Российскай Федерация тас өттүгэр оҥоһулларын, ол эрээри, омук дойдуттан тиэхиньикэни аҕалыыны бобор нуорма-быраап аактата Саха сиригэр эмиэ ылыллыан сөбүн туһунан кини эттэ.  



При частичном или полном использовании материалов гиперссылка на сайт ysia.ru обязательна.
Категория: Общество Просмотров: 3416 Источник: ЯСИА Автор: Аркадий Васильев Подписаться на обновления

Комментарии

Вы не можете оставить комментарий, пока не войдете на сайт. Вход / Регистрация

Авторизация на сайте через социальные сети

ЯСИА, Якутия, Саха Сирэ